Саха суола

Android · Сабыылаах тургутуу

«Саха суола» — Android бэрэбиэркэ

Үс судургу хардыынан Google Play тургутуутугар киир.

Тургутааччы ахсаана

0 / 12 киһи кытынна

Сорук: 12 киһи (толору тиһик: 20)

Google Play быраабылатынан 12 киһи 14 күн устата сыһыарыыны туруоран арыйыахтаах.

  1. 1-кы хардыы

    Google Play почтаҕын суруй

    Төлөпүөҥҥэр Google Play-га киирэн турар Google аккаунт почтатын ый.

    Болҕой: төлөпүөҥҥэр Google Play-га киирэн турар Google аккаунт почтата буолуохтаах. Атын почта буоллаҕына Google Play сыһыарыыны көрдөрбөт.
  2. 2-с хардыы

    Google Play тургутуу сигэтин арый

    1-кы хардыы кэнниттэн Google Play сирэйигэр «Become a tester» (Тургутааччы буол) диэни баттаа.

    Бастаан 1-кы хардыыга почтаҕын ыыт — оччоҕо бу тимэх арыллыа.

    Google Play «сыһыарыы көстүбэт» диэтэҕинэ: 1) почтаҥ тиһиккэ киириэр диэри 5–60 мүнүүтэ күүт; 2) төлөпүөҥҥэр ол эрэ Google аккаунт холбонон турарын көр.
  3. 3-с хардыы

    14 күн устата туруор уонна оонньоо

    Сыһыарыыны устубакка 14 күн тута сырыт уонна икки-үс күн буола-буола арыйан оонньоо.

    14 күннээх бэлиэтээһин (бэйэҕэр эрэ көстөр)

    Бэлиэтэммит күн: 0 / 14

    Алҕаһы көрдөххүнэ эбэтэр санааҕын тиэрдээри гыннаххына суруй:

    mail@game.sakhagpt.com почтаҕа суруй

Доҕотторгор ыыт

12 киһини түргэнник мунньарга бу сигэни үллэһин:

WhatsApp-ка ыыт Telegram-ҥа ыыт

Ыйытыылар уонна хоруйдар

Тоҕо 12 киһи уонна 14 күн нааданый?

Google Play саҥа быраабылатынан тутулуга суох оҥорооччу сыһыарыытын таһаарыах иннинэ 12 киһи 14 күн устата сабыылаах тургутууга сылдьыахтаах. Хас күн аайы буолбакка, икки-үс күн буола-буола арыйар сөп.

Google Play «сыһыарыы суох» (App not available) диир, тугу гынабын?

Үксүгэр төлөпүөҥҥэр Google Play атын Google аккаунтка киирэн турар буолар. Браузергар уонна Google Play сыһыарыытыгар биир почта турарын бэрэбиэркэлээ.

Почтабын ыыппытым кэннэ хаһан арылларый?

Почтаны Google Play Console тиһигэр киллэрдэхпитинэ 5 мүнүүтэттэн чааска диэри кэм ааһар.

Почтабын ким көрөрүй уонна туохха туттулларый?

Почтаҕын бырайыак салайааччыта Альберт эрэ көрөр уонна Google Play Console тургутааччы тиһигэр эрэ киллэрэр. Реклама ыытыллыбат.

Тургутууттан хайдах тахсабын уонна почтабын сотторобун?

Google Play тургутуу сирэйигэр «Leave the program» баттыаххын сөп, оттон почтаҕын сотторорго mail@legal.sakhagpt.com аадырыска суруй.