Сотору тахсар · Күүтүү тиһигэ
«Дьөгүөр» — Android тиһигэ
Android сыһыарыы бэлэм буоллаҕына почтаҕар суруйуохпут.
Тургутааччы ахсаана
0 / 12 киһи кытынна-
1-кы хардыы
Google Play почтаҕын суруй
Төлөпүөҥҥэр Google Play-га киирэн турар Google аккаунт почтатын ый.
Болҕой: төлөпүөҥҥэр Google Play-га киирэн турар Google аккаунт почтата буолуохтаах. Атын почта буоллаҕына Google Play сыһыарыыны көрдөрбөт.Қайтарыы · Махтал!Почтаҥ тиһиккэ киирдэ
Аадырыскын Google Play Console тиһигэр киллэрэбит. Аны 2-с хардыыга Google Play сигэтин арый.
-
2-с хардыы
Google Play тургутуу сигэтин арый
1-кы хардыы кэнниттэн Google Play сирэйигэр «Become a tester» (Тургутааччы буол) диэни баттаа.
Google Play «сыһыарыы көстүбэт» диэтэҕинэ: 1) почтаҥ тиһиккэ киириэр диэри 5–60 мүнүүтэ күүт; 2) төлөпүөҥҥэр ол эрэ Google аккаунт холбонон турарын көр. -
3-с хардыы
14 күн устата туруор уонна оонньоо
Сыһыарыыны устубакка 14 күн тута сырыт уонна икки-үс күн буола-буола арыйан оонньоо.
14 күннээх бэлиэтээһин (бэйэҕэр эрэ көстөр)
Алҕаһы көрдөххүнэ эбэтэр санааҕын тиэрдээри гыннаххына суруй:
Доҕотторгор ыыт
12 киһини түргэнник мунньарга бу сигэни үллэһин:
Ыйытыылар уонна хоруйдар
Тоҕо 12 киһи уонна 14 күн нааданый?
Google Play саҥа быраабылатынан тутулуга суох оҥорооччу сыһыарыытын таһаарыах иннинэ 12 киһи 14 күн устата сабыылаах тургутууга сылдьыахтаах. Хас күн аайы буолбакка, икки-үс күн буола-буола арыйар сөп.
Google Play «сыһыарыы суох» (App not available) диир, тугу гынабын?
Үксүгэр төлөпүөҥҥэр Google Play атын Google аккаунтка киирэн турар буолар. Браузергар уонна Google Play сыһыарыытыгар биир почта турарын бэрэбиэркэлээ.
Почтабын ыыппытым кэннэ хаһан арылларый?
Почтаны Google Play Console тиһигэр киллэрдэхпитинэ 5 мүнүүтэттэн чааска диэри кэм ааһар.
Почтабын ким көрөрүй уонна туохха туттулларый?
Почтаҕын бырайыак салайааччыта Альберт эрэ көрөр уонна Google Play Console тургутааччы тиһигэр эрэ киллэрэр. Реклама ыытыллыбат.
Тургутууттан хайдах тахсабын уонна почтабын сотторобун?
Google Play тургутуу сирэйигэр «Leave the program» баттыаххын сөп, оттон почтаҕын сотторорго mail@legal.sakhagpt.com аадырыска суруй.